Иннокентий Андросов: « Ууну харыстыахха, сатаан туhаныахха…»
Опубликовано: 12.02.2007
Иннокентий Андросов: « Ууну харыстыахха, сатаан туhаныахха…»
Биhиги кyннээ5и олохпутугар уу биир сyрyн оруолу ылар. Уу киhи аймах бары кyннээ5и кeрдeбyллэрин толорорго туттуллар – иhэргэ, аhы бэлэмнииргэ, промышленноска, тыа, балык хаhаайыстыбаларыгар, уунан сылдьыhыыга, электроэнергия оноhуутугар уонна, биллэн турар, дьон сынньаланар. Бу yйэ ортотугар Аан дойду дьонун 40 бырыhыаныгар хайыы-yйэ уу тиийбэт буолуо диэн саба5алыыллар. Оттон биhиги дойдубут, Россия, уу саппааhынан уонна уунан хааччыллыыга Аан дойдуга биир инники кэккэ5э турар эрээри, уу тула кэпсэтии, мeккyeр уонна yлэ биир кэм тиhигэ суох бара турар. Ол курдук биир ураты тyгэнинэн сана сыл бастакы кyнyттэн Россия5а сана Уу кодексата олоххо киириитэ буолар. Онно эбэн эттэххэ быйыл Государственнай Уу сулууспата — Eлyeнэ тардыытын Ууга салалтата республика5а тэриллибитэ биэс сыла. Итинтэн сиэттэрэн биhиги бу салалта салайааччытын солбуйааччы, Российскай Федерация гражданскай государственнай сулууспатын 1 кылаастаах советнигын Иннокентий Михайлович Андросовы аhа5ас кэпсэтиигэ ынырдыбыт.
— Иннокентий Михайлович, бу быйыл кyhyн Государственнай Уу сулууспата — Eлyeнэ тардыытын Ууга салалтата тэриллибитэ биэс сылын туолла. Онон сибээстээн биэс сыллаах yлэ5итин, туох ситиhиилэрдээххитин кэпсээ эрэ.
— Биhиги тэрилтэбит биэс сыл анараа eттyгэр эмискэ тyргэнник тэриллиитин сyрyн тeрyeтyнэн оччолорго дьон-норуот аймал5анын то5о тардыбыт сааскы халаан уута буолбута. Ити 2001 сыллаах саас, Eлyeнэ eрyскэ eтeрyнэн буолбатах муус харыылара тахсаннар, Ленскэй, Eлyeхyмэ, Дьокуускай куораттар, Eлyeнэ хочотугар турар yгyс дэриэбинэлэр сааскы халаан уутуттан эмсэ5элээбиттэрэ. Бу уу содулун туоратарга элбэх дьаhаллар ылыллыбыттара, ол иhигэр государственнай Уу политикатын ситимнээхтик ыытарга диэн Eлyeнэ тардыытын Ууга салалтата тэриллибитэ.
— Ол иннинэ биир да туспа ууга сыhыаннаах тэрилтэ суох этэ дуо?
— Биэс сыл анараа eттyгэр диэри Уу ресурсаларын салаата Саха Республикатын Айыл5а харыстабылыгар министерствотын иhинэн yлэлээбитэ. Eссe ол иннинэ Уу салалтата Российскай Федерация мелиорация5а уонна уу хаhаайыстыбатын министерствотын систематыгар киирсэрэ.
Билигин биhиги салалтабыт государственнай уу политикатын Eлyeнэ уонна Халыма eрyстэр тардыыларыгар сытар Саха сиригэр, ону тэнэ кэлин yс сылтан бэттэх Магаданскай уобаласка кытта ыытар. Онон 42 yлэhиттээх коллективпыт сyрyн соруктарынан — уу ресурсаларын туhанааччыларга лицензиялары быhан биэрээhин, уу хаачыстыбатын yeрэтии, кэтээн кeрyy, уу хаhаайыстыбатыгар сыhыаннаах бары yлэлэри экспертизалааhын, уу содулларын сымнатар уонна ону утары yлэлэри дуогабар бэрээдэгинэн тэрийэн ыытыы, уу yлэлэрин инники, кэнэ5эски сылларга былааннааhын уонна yehээ ахтыллыбыт субъектарга ситэриилээх былаас органнарын кытта бииргэ yлэлээhин буолалллар.
Бу ааспыт биэс сыллар бары кeрдeрyyлэрэ сылтан-сыл аайы сайдыы бэрээдэгинэн куруук улаатан, yрдээн иhэллэр. Холобур, Уу ресурсаларыгар Федеральнай агентство Саха сиригэр тыырыллан кeрyллэр yбэ 2002 сыллаахха 76,0 эрэ мeл. солк. эбит буолла5ына, билигин ити сыыппара yлэ элбэх хайысхаларынан 548,0мeл.солк. тэннэhэр. Ол хайысхалартан биирдэстэринэн инвестиционнай программанан кeрyллэр yбyлээhиннэ киирбит Ленскэй, Eлyeхyмэ, Дьокуускай куораттарын, Амма, Зырянка бehyeлэктэрин, Кyп сэлиэнньэтин биэрэктэрин бe5eргeтyy буолаллар. Таатта Чымынаайытыгар эмиэ маннык тутуу бyтэн турар. Онон бу тутууларга сылтан-сыл yп кeрyллyyтyгэр биhиги тэрилтэбит Республика Правительствотын туhааннаах тэрилтэлэрин уонна Федеральнай Агентствоны кытта балай эмэ yлэни ыытан кэллэ диэн этиэххэ сeп.
Урут биэрэктэри бe5eргeтyy , онно сыhыаннаах тутуулар тустарынан билбэт да курдук этибит, оттон билигин кэлэн элбэх сиргэ итинник кыhал5алар буолбуттара иhиллэр?
Бастакытынан, били «ытаабат о5ону эмсэхтээбэттэр» диэбит курдук, биэрэктэр кыhал5аларынан ким да5аны урут кыhанан дьарыктаммат этэ. Оттон бу кэлинни сылларга ити кыhал5а5а бол5омто ууруллар уонна yлэ былааннаахтык ыытыллар.
Иккиhинэн, «уу чугаhа, уруу ыраа5а ордук» диэн эмиэ eс хоhоонугар этиллибитин курдук, былыр-былыргыттан дьон-сэргэ уу чугаhыгар тардыhар буолан yгyс нэhилиэнньэлээх пууннар улахан, кыра eрyстэр кытылларыгар, эбэтэр хочолоругар, кyeллэр yрдyлэригэр олохсуйан хаалбыттар.
Yсyhyнэн, сир-дойду, тулалыыр эйгэбит, уу син-биир тыыннаах организм курдук сайдар, уларыйар куттаахтар. Ити бэрээдэгинэн уонна, биллэн турар, дьон, аныгы олох дьайыытынан улахан уларыйыылар биэрэктэр сайдыыларыгар бара тураллар. Манна уу eр сыллаах сайдыытын эбэн кэбис. Хартыына олох уларыйа тyhэр.
Дьэ итинник биричиинэлэринэн холобура, билигин Саха сиригэр 20 нэhилиэнньэлээх пууннарга биэрэктэрин бe5eргeтyy эрэйиллэр.
Сааскы халаан уутун утары yлэлэр тустарынан тугу этиэн этэй?
Халаан уута, халаан уутун содула диэн eйдeбyллэр киhи аймах уонна уу yeскye5yттэн баар буолуохтаахтар. Кэлинни сайдыылаах кэмнэ уу содулун алдьатыыта-кээhэтиитэ, ороскуота сe5yмэр улаатан киhи хара5ар быра5ыллымтыа буолла. Биhиги тыйыс айыл5алаах Сахабыт сиригэр сылтан-сыл аайы сааскы халаан уута тус-туспа, кyyтyллyбэт eрyттэрдээх ааhар. Учуонайдар айыл5а, уу бу кeстyyтэ алта уонча араас фактордартан тутулуктанар диэн этэллэр. Онтон саамай сyрyннэринэн муус кyhyннy туруутун туруга, сааскы халына, муус хамсыыр кэмигэр салгын температурата улахан оруоллаахтар. Бу yлэлэринэн уу хаhаайыстыбатын салаата дьарыктанар. Биэс сыллаах yлэ тyмyгyнэн элбэх матырыйаал хомулунна, онон балай эмэ кeдьyyстээх торумнааhын ыытыллар буолла. Эhиилги кэлэр сылга бэлэмнэнэн эрдэттэн eрyс ханнык учаастактарыгар харыылар тахсыан сeпeeхтeрyн eссe чуолкайдаан уонна ону Ыксаллаах быhыыга-майгыга министиэристибэ Саха сиринээ5и салалтатын научнай-техническэй сэбиэтигэр кeрeн, бигэргэтэн, итини тохтоторго араас eрyттээх yлэлэр ыытыллаллар. Холобур, бу ааспыт сааскы халаан уутугар бэлэмнэнэн Eлyeнэ eрyс 18, Алдан eрyс 11, Халыма eрyс 5 учаастактарыгар мууhу хараардыы, сорох сирдэринэн эрбээhин yлэлэрэ ыытыллыбыттара. Ону таhынан Ытык Кyeл, Чурапчы сэлиэнньэлэригэр, Орто Халыма куоратыгар ууттан кeмyскэнэр буор дамбалар кутуллубуттара. Бу yлэлэр кeдьyyстээхтэрин eйдeeн yрдyкy тэрилтэбит бу ааспыт биэс сылга eйeeн кэллэ. Онтон эhиилги 2007 сыллаах халаан уутугар сыhыаран манныгы этиэххэ сeп: кыра yрэхтэргэ халаан уута быйылгы сааскытаа5ар yрдyк таhымна ааhар чинчилээх, то5о диэтэр кыра yрэхтэр бары кэриэтэ толору уулаах тоннулар уонна билинни туругунан кeрдeххe хаар халын буолсу. Оттон сyрyн eрyстэргэ сылыктыыр эрдэ.
Ууга сыhыаннаах боппуруостарга Eлyeнэ eрyс Ууга салалтатын кытта улуустар, нэhилиэктэр салалталара хайдах бэрээдэгинэн киирэн yлэлэhэллэрэ сeбyй ?
Уу тутууларын хайысхатын ылан кeрдeххe, сyрyн итэ5эспитинэн бэлэм бырайыактар суохтара буолар. Эбэтэр бырайыак баар буолла5ына, наадалаах экспертизалары ааспакка, «долбуурга сытан быыллыйан хаалар». Бырайыактыыр yлэ сыаната yрдээн, yп-харчы суох буолан тылтан кумаа5ыга кыайан киирбэппит. Итинник биричиинэнэн ахтан аhарбытым курдук 20-чэ нэhилиэнньэлээх пууннарга уу содулуттан араначчылыыр тутуулар са5аламмакка тураллар. Нэhилиэктэр бэйэлэрин улуустарын салалталарын кытта бииргэ боппуруоhу туруораллара кыайыылаах буолар уонна республика Правительствотыгар итинэн дьарыктанар Ситэриилээх дирекция диэн yлэлиир. Оттон биhиги тэрилтэбит уунан дьарыктанар анал тэрилтэ буоларбытынан ханнык ба5арар кэмнэ сyбэ биэрэргэ бэлэммит.
Ууну туhанааччылары кытта yлэ ханнык хайысханан ыытылларый?
Ууну туhанааччылары кытта yлэ — тэрилтэ yлэтин биир сyрyн хайысхата. Сыл санатыгар барыта 721 ууну туhанааччылар ууну туhаныы лицензиятын ылбыттара, итинтэн 231 Магаданскай уобаласка. Хас биирдии ууну туhанааччы тehe ууну туттарынан анал нолуогу киллэрэр эбээhинэстээх. Бу ууну туhаныы тeлeбyрэ федеральнай хааhына5а киирэр уонна yбyлээhин бэрээдэгинэн регионнарга тeннeр. 2005 сылга ити сыыппара 96 мeл.солк. тэннэспитэ, быйыл алтынньы ый тyмyгyнэн 65 мeл.солк. тyмyллэн турар. Бу yлэни Ууну туhаныыны сyрyннyyр салаа баhылаан-кehyлээн ыытар. Хас биирдии ууну туhанааччылары кытта туhунан yлэ ыытыллар, тehe ууну хайдах туhанарыттан са5алаан, ханна, хайдах быра5арыгар тиийэ аа5ыллар. Ууну туhанааччыга уу хаачыстыбатын тупсарыыга, ыраастааhынна анал ирдэбиллэр бааллар. Ити эрэ кэнниттэн ууну туhаныыга кeнyл бэриллэр.
Кэлэр сылтан Российскай Федерация5а сана Уу кодексата yлэ5э киирэр, итинэн сибээстээн туох уларыйыылар кэтэhэллэрий?
Бу биhиги сyрyн докумуоммут, акылааппыт буолар. Кодекс тохсунньу 1 кyнyттэн yлэ5э киирэр. Олох сайдыытыгар сана сыhыаннар киирэ туралларынан сибээстээн бyгyннy кэмнэ эппиэттэhэр сыаллаах-соруктаах докумуон буолуохтаах. Ол эрэн урутаан эттэххэ, олус элбэх кyyстэр туруулаhан туран бэйэлэрин кeрyyлэрин киллэрбиттэрин тyмyгэр Уу кодексатын олоххо киллэрии тула кэпсэтии, мeккyeр элбэх буолара саба5аланар. Сана докумуон сyрyн уратыларынан буолаллар: бастакытынан, ууну туhаныы сыhыаннарыгар административнай сыhыаннартан гражданскай-правовой сыhыаннарга киирии. Бу сыл бyтyeр диэри ууну туhаныыга лицензия бэриллэр эбит буолла5ына эhиилгиттэн дуогабар тyhэрсэн ууну туhаныыга киирэбит. Онон урут лицензиянан yлэлээhин eрyттэр сыhыаннарын чопчу быhаарар эбит буолла5ына, дуогабардаhан ууну туhаныы халбархай сыhыаннарга тиэрдэр eрyтэ yгyс буолуон сeп. Иккиhинэн, уу хаhаайыстыбаннай, ууну араначчылыыр yлэлэри eр сыллаах кeрдeрyyлэринэн сиэттэрэн былааннааhын. Манна субъектан киирэр уу нолуогун ахсаана улахан суолталанар эбэтэр тehe yбy хомуйа5ын да5аны соччону тутун диэн буолар. Yсyhyнэн, ууну салайыыга Российскай Федерация субъектарын оруолларын yрдэтии. Уу сыhыаннарыгар субъектарга ботуччу боломуочуйалар бэриллэр буоланнар федеральнай киин субвенция быhыытынан yп кeрyeхтээх уонна итинэн дьарыктанар тэрилтэ тэриллиэхтээх. Саас сааhынан кылгастык быhаардахха итинник. Билигин Уу ресурсаларыгар Федеральнай агентство сокуон олоххо биир кэлимник киирэригэр диэн Россия Правительствотын 24 уураахтарын бэлэмнээн киллэрдэ. Манна уу сыаната yрдээhиниттэн са5алаан, федеральнай киин уонна субъектар икки ардыларыгар ууга сыhыаннаhыыларга боломуочуйалар, федеральнай киинтэн субъектарга кeрyллyeхтээх yбyлээhин тыырсыылара уо.д.а. боппуруостар чопчуланыахтаахтар.
Сана тэрилтэ тэриллиэхтээх диэн этиигин быhааран биэрбэккин ээ…
Уу Федеральнай агентствотын салайааччыта Рустэм Хамитов хаста да5аны суруналыыстары кытта кeрсyhyyтyгэр Россия5а Уунан дьарыктанар биир хаhаайын баар буолуохтаах диэн хоруйдаата. Кини сотору кэминэн уу атыыланыы, туттуллуу eттyгэр саамай кyндy айыл5а ресурсата буолуо диэн бигэргэтэр. Россия билигин Аан дойду иhэр уутун саппааhын биэс гыммыттан биирин тутан олорор, уунан хааччыллыыга биир киhиэхэ тиксэринэн Бразилия уонна Канада кэннилэриттэн yhyс миэстэ5э турар. Онон аны а5ыйах сылынан иhэр уу боппуруоhугар Россия диэки кeрeeччyлэр элбииллэрэ чуолкай. Бу да5аны тэннэбиллэр уу улахан уонна кэнэ5эски оруолун туhунан этэллэр. Ааспыт сылларга, сyнньyнэн, сири нyeлсyтyyгэ аналлаах уу тутуулара эрэ yлэ5э киирбиттэрэ, оттон ууну киртийииттэн араначчылыыр, биэрэктэри бe5eр5eтyy, нэhилиэнньэлээх пууннары ууттан кeмyскyyр тутуулар ыытыллыбатахтара. Онон республика5а Уу боппуруостарынан дьарыктанар боломуочуйалаах тэрилтэ, мин санаабар, биир буолара табыгастаах, yчyгэйдик аттаран туруордахха yлэлииргэ-хамсыырга да кыайыылаах буолуо этэ. Билигин уу боппуруостарынан хас да5аны тэрилтэ дьарыктанар: Айыл5а харыстабылын министерствотыгар уу фондатын отдела, Правительство5а уу содулларын туоратарга ситэриилээх дирекция, тыа хаhаайыстыбатын министерствотын иhинэн мелиорация уонна тыа сирин уунан хааччыйыы управлениета.
Уу кодексата олоххо киирэр кэмэ чугаhаата5ын аайы, ууга чааhынай сыhыаннар тар5аналлар, уу объектарын приватизациялааhын кeнyллэнэр диэн этэллэр…
Бу саамай мeккyeрдээх боппуруос. Уу Кодексатын 8 ыстатыйатын быhыытынан уу объектарыттан «пруд» уонна «обводненный карьер» диэн eйдeбyллэргэ киирсэр уу объектара, eскeтyн кинилэр сытар уу аннынаа5ы сирдэрэ чааhынай бас билиигэ баар буолла5ына, чааhынай бас билиигэ барыахтарын сeп. Манна «пруд» уонна «обводненный карьер» диэн eйдeбyллэр тула улахан мeккyeр барбыта уонна билигин да5аны чуолкайдааhыннары эрэйэр. То5о диэтэххэ, бу eйдeбyллэр олус кыара5ас быhаарыыны биэрэллэр. Саха сиригэр 700 тыhыынчаттан тахса кyeллэрдээхпит, онон yгyс олохтоохтор биир эмит кyeлy бас билиигэ ылыахтарын ба5араллара чуолкай. Ол эрээри анардас ити eйдeбyллэр кyeллэри чааhынай бас билиигэ ылары утараллар. Аны кодекса5а бу уу объектара хайдах yeскээбит тeрyттэрэ биллибэт. Ол эбэтэр айыл5аттан айдарыллыбыттара дуу, киhи илиитинэн оноhуллубуттара дуу чопчуламмат.
Иннокентий Михайлович, ууга сыhыаннаах элбэх боппуруостары таарыйан кэпсэттибит, биэс сыллаах улэ5ит ботуччу тумyктэрдээх буолла, тyмyккэ ууну туhанааччыларга туох ба5а санаа5ын тиэрдиэн этэй?
Биллэн турар, бу кэпсэтиигэ ууга сыhыаннаах сyрyн боппуруостары эрэ таарыйдыбыт. Ууну араначчылыыр, кини туhаныллыытын салайар тэрилтэ буоларбытынан ба5а санам биhиги сyрyн сорукпут тула: уу ыраас буолуутун, уу сeптeeх кээмэйинэн туhаныллыытын хааччыйыы, уу содулларын таhаарбат буола сатааhын. Ол туhугар бииргэ сомо5олоhон yлэлиэххэйин, кыhамньыбытын ууруо5ун. Онтон тэрилтэбит бары yлэhиттэригэр биэс сыллаах тeгyрyк yбyлyeйбyтyнэн ба5арыам этэ eссe айымньылаах, кыhамньылаах yлэни, кыайыылары-хотуулары, ба5а санааларгыт толору туола туралларыгар.
Люба Готовцева
«Саха сирэ» 22.12.06