Ууттан ханна куотабыт?
Опубликовано: 08.05.2008
Ууттан ханна куотабыт? Специалистар этэллэринэн хоту дойду өрүстэрэ, үрэхтэрэ сыл аайы уулара элбээн, ыанньыйан, кэлэр сылларга билиҥҥилэринээҕэр 30%-нан кээмэйдэрэ улаатар хабааннаах. Ол эбэтэр хаһан эрэ саас аайы уу кэлиитэ тохтуо диэн эрэнэр олоҕо суох курдук. Уу кэлбитин курдук кэлэ туруо онон харса суох хаххаланарга эрэ тиийэбит. Саха сирэ Россияҕа биир саамай ууга барар регионунан биллэр. Саас аайы хайа улуус сирэ-уота ууга барарын ким да чопчу этэр кыаҕа суох буолааччы, арай үөрэхтээх специалистар сылы быһа кэтээн көрөн, ыраҥалаан инникини таайан эрэ этээччилэр.
Ол эрээри республикабытыгар туох да таайбараҥа, тымтыктанан көрүүтэ суох ханнык да сылга, хайдах да уу кэллин син биир ууга барар нэһилиэктэр бааллар. Бу 10-ча бөһүөлэк сыл аайы ууга барар буоланнар көһөрүү испииһэгэр киирэн сылдьаллар эрээри, дьон өр олорбут сирдэриттэн, дьиэлэриттэн-уоттарыттан букатынныы баралларын ыарырҕатаннар көһөрүү боппуруоһа олоххо киирэ илик. Биир оннук сиринэн Кэбээйи улууһун Кальвица нэһилиэгэ буолар. Халаан уута чугаһаан бу бөһүөлэк олохтоохторо эмиэ «уйаларыгар уу киирэн» сыл аайы буоларын курдук аймалҕан аргыстанан олороллор. Ол курдук соторутааҕыта бэйэ күүһүнэн халаан уутун боппуруостарыгар сүбэ мунньах иилээн-саҕалаан ыыттылар. Мунньахха 96 олохтоох дьон көхтөөх кыттыыны ылла. Ону таһынан мунньахха Уу федеральнай агентствотын Өлүөнэ тардыытын ууга салалтатын сүрүннүүр специалиһа Михаил Конторусов, Куокуй нэһилиэгин баһылыга Анна Дьяконова, Кальвицаҕа баһылыгы солбуйааччы Григорий Петухов, нэһилиэк сэбиэтин депутаттара, дьаһалта специалистара кытыннылар. Кинилэр халаан уутуттан көмүскэнии уонна нэһилиэги атын сиргэ көһөрүү курдук киэҥ мөккүөрдээх боппуруостары туруордулар. Бастакы боппуруоска сыһыаннаах дьаһаллар түргэнник быһаарыллан ууттан көмүскэниигэ комиссия тэрилиннэ уонна быйыл хаар элбэҕинэн сибээстээн эрдэттэн эвакопуну үлэлэтэргэ диэн буолла. Оттон иккис боппуруос сүрдээх мөккүөрдээх буолан биэрдэ. Ол эбэтэр үрдүку былаастар Кальвица бөһүөлэгин Арыы быһыт диэн былааннаммыт сиргэ буолбакка Куокуйга дуу, Сангаарга дуу көһөрөн илдьэн сыбаары гыналларын дьон утаралларын биллэрдилэр. Олохтоохтор атын нэһилиэккэ көһөн тиийдэхтэринэ үлэтэ суох хаалалларын, туспа бөһүөлэк буолан сүөһү-ас ииттэн үлэлэнэн олоруохтарын баҕаралларын, Куокуй дьонугар мэччирэҥнэрэ, оттуур сирдэрэ тиийбэтин эттилэр: А.Г. Охлопкова детсад үлэһитэ: — Мин санаабар, Куокуйга көстөхпүтүнэ, бюджет үлэһиттэрэ бары үлэтэ суох хаалабыт. Ким биһиэхэ үлэтин туран биэриэй? Көһүөхтээх саҥа сирбититтэн атын сиргэ барыыны олох утарабын. А.Г.Гуляева, пенсионер: — Биһигини уу ылбата буоллар ынах-сүөһү, сибиинньэ, куурусса ииттэн хаһаайыстыба бөҕө тэриниэ этибит. Балык да хаһаайыстыбатын тилиннэрэр кыахтаахпыт. Биһиэхэ оттуур сир, мэччирэҥ баһаам. Балык да баар. Ити барыта бэйэбит чөкө бөһүөлэк буолан олордохпутуна эрэ сатанар. М.К. Левина, пенсионер: — Көһүү боппуруоһа уһаатар уһаан иһэр. Саас аайы халаан уутуттан улахан хоромньуну уонна эрэйи көрсөбүт. Дьаһалта уу кэлэр кэмигэр анал журналист ыытан видеоҕа уһултаран, хаартыскаҕа түһэттэрэн хаһыаттарга, телевидениеҕа биһиги хайдах эрэйи көрөрбүтүн киэҥ эйгэҕэ таһааттаран көрдөрөллөрө буоллар. В.Г. Азарова, пенсионер: — Урут хаһан да ууга барбат этибит. Билигин мууһу эрбэтэн, чоҕу ыһан уулларыы үлэтин эрдэттэн ыыталлар. Ол түмүгэр, айылҕа хаамыытын кэстэрэннэр өрүс эстиитин түргэтэтэллэр, итинэн улахан ороскуоту таһаараллар дии саныыбын. Көһүү туһунан эттэххэ, атын бөһүөлэккэ сыбаан кэбиһээри гыналларын хайдах сөбүлэһиэхпитий?! М.Н. Архипова, герой ийэ: — Мин бу Кальвицаҕа олорбутум 50 сыл буолла. Инники эппит табаарыстар этиилэригэр сөбүлэһэбин. Биһиги былааннаммыт сирбититтэн атын сиргэ көһөрбүт табыгаһа суох. Туһунан нэһилиэк буоларбыт буоллар көһүү боппуруоһа быдан түргэтиэ этэ. Биһиги бөһүөлэкпитин бэйэбит талбыт, норуот эмчитигэр арчылаппыт сирбитигэр көһөрөр саамай сөп. Быыбар кэнниттэн саҥа үлэлээн эрэр улууспут баһылыга биһиги бөһүөлэкпит көһүүтүгэр ситэ быһаарылла илик боппуруостары туруорсан биһиги кыһалҕабытын санаабыт хоту быһаарсарыгар көрдөһөбүн. Кальвицаҕа баһылыгы солбуйааччы Г.П. Петухов: — Көһүү боппуруоһа билигин да түргэнник быһаарыллыа суох быһыылаах. Бөһүөлэкпит арҕаа өттүнэн уу хайа сүүрэн намтаппыт сиринэн уу уонна муус сыл аайы тахсан куттуур. Онон намыһах сиринэн уу, муус тахсыытын бүөлүүр буор модьоҕотун кутары түргэнник туруорсуохха наада. Саҥа бөһүөлэккэ гастааһын үлэтин саҕалаатахха көһүү быдан түргэтиэ этэ. Мунньах түмүгэр уу уонна муус тоҕо анньан тахсар сирдэрин уопсай күүс көмөтүнэн буор модьоҕонон бүөлүүргэ, атын нэһилиэккэ буолбакка былааннаммыт сиргэ көһөрү урдүкү былаастартан туруорсарга сүбэлэстилэр. Кальвица олохтоохторо элбэх сыл ууга баран эрэйи эҥэринэн кэһэн кэлбит дьон чахчы сылайбыт чинчилээхтэр. Үөһэ этиллибитин курдук, «көһөрө сатыырбытын көспөттөр» диэн быһаарыы манна соччо түбэспэт курдук эбит. Ол эбэтэр дьон көһүөн баҕарар эбит эрээри, үрдүк сололоохтор ыйбыт туох да инникитэ суох сирдэригэр буолбакка, бэйэлэрэ талан ылбыт, сөбүлээбит сирдэригэр. Оччотугар тоҕо кинилэргэ утары барар кыаллыбатый?
Любовь Готовцева