Ийэ сир кууьэ мунура суох буолбатах
Опубликовано: 14.01.2010
Уу куруук олохпутун арыаллыыр, наар аттыбытыгар баар курдук. Сайын үрдүбүтүгэр ардах буолан түһэр, кыһын хаар буолан үллэҥнэтэр, күннэтэ кыраантан сүүрэр, чэй буолан чааскыга дьалкыйар, туман буолан тулабытын бүрүйэр…
Ийэ сир кууьэ мунура суох буолбатах
Уу куруук олохпутун арыаллыыр, наар аттыбытыгар баар курдук. Сайын үрдүбүтүгэр ардах буолан түһэр, кыһын хаар буолан үллэҥнэтэр, күннэтэ кыраантан сүүрэр, чэй буолан чааскыга дьалкыйар, туман буолан тулабытын бүрүйэр… Аан дойду улахан аҥаарын ыларын таһынан кини туох баар тыынар тыыннаахха, үүнээйигэ кытта баар. Уу – орто дойду сүрүн эттигэ, кини олоҕу салгыыр, сороҕор күүһүн уоҕун киллэрэн тугу барытын имири сотон ааһар ураты, дьикти. Киниэхэ дьалаҕайдык сыһыаннаһар, бэйэбит миинэн олорор мутукпутун кэрдэр тэҥэ. Уу оруола киһиэхэ оннук улахан. Аныгы үйэҕэ киһи ууну үөрэтэн, санаабытынан салайар, туһанар кыахтанна. Уу хаһаайыстыбата билигин элбэх хайысхалаах, сыаллаах-соруктаах, түмүктэрдээх туспа эйгэ. Оттон Сахабыт сирин уутун хаһаайыстыбата бүгүҥҥү күҥҥэ туруга хайдаҕый, туох инникилээҕий? Сутаков Гаврил Захарович, «ЯкутТИСИЗ» трест ААО бырайыактыыр салаатын начальнига, үйэтин тухары ууну үөрэтэн, уу хайысхатыгар үлэлээн кэлбит киһи. Онон кинини кытта уу туһунан олохтоохтук оҥостон кэпсэттибит.— Гаврил Захарович, уу эйгэтигэр үлэлииргэ хаһан санаммыккыный?— Орто үөрэҕи бүтэрэр сылбар сир оҥоһуутугар уонна уу эйгэтигэр үлэһит буолуом диэн түһээн да баттаппат этим, хата ол оннугар медик буолбут киһи диэн баҕалаах этим. 1965 сыллаахха Дьокуускай куоракка үөрэх туттарса киирэн баран билбитим, медик идэтигэр киин куораттарга 10-ча эрэ миэстэҕэ 100-тэн тахса киһи баара. Ол иһигэр медучилищены кыһыл дипломунан бүтэрбиттэр, онус кылаас кэнниттэн иккилии сыл производствоҕа үлэлээбиттэр, армияҕа сулууспалаабыттар элбэхтэр этэ. Онон туһа тахсыа суох дии санаан Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун гидротехническай факультетыгар туттарсан үөрэнэ киирбитим уонна 1970 сыллаахха бүтэрэн дойдубар кэлбитим. — Иһэр уу хаачыстыбата наһаа мөлтөөтө, ол нэһилиэнньэ да доруобуйатыгар көстөр. Республика ханнык баҕар уһугар тото-хана ыраас ууну иһэр туһугар туох нааданый?— Иһэр уу хаачыстыбатын мөлтөөһүнэ биһиги олохпут сайдыытыттан уонна тулалыыр эйгэҕэ дьалаҕай сыһыантан улахан тутулуктаах. Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан улахан өрүстэр, үрэхтэр сүнньүлэрин батыһа түөлбэлэнэн олохсуйбуттар. Билиҥҥи дьон ол түөлбэлэри кэҥэтэн олохсуйан олороллор. Маннык дэриэбинэлэри хааччыйар иһэр уу химическай, бактерологическай уонна биологическай састаабынан санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтаах. Ол иһин элбэх нэһилиэнньэлээх дэриэбинэлэргэ хайаан да ууну ыраастыыр станциялары, кыра дэриэбинэлэргэ билигин туһаныллар дьоҕус ууну ыраастыыр тэриллэри туһаныахха сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ мантан атын ууну ыраастыыр атын ньыма суох. 2001-2008 сылларга элбэх дэриэбинэҕэ техническэй уонна оҕуруокка кутар ууну хааччыйар уу ситимнэрин бырайыагын оҥортообуппут. Бу бырайыактарга иһэр ууну ыраастыыр станциялар көрүллүбэттэр этэ. Кэлиҥҥи кэм ирдэбилинэн итинник бырайыактар истэригэр хайаан да иһэр ууну ыраастыыр станция баар буолуохтаах. Холобура, Сунтаар улууһун Уһун-Күөлүгэр, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Балыктааҕар оннук бырайыактар оҥоһуллубуттара. — Бырайыактыыр үлэҕэ сыһыаннаах киһи быһыытынан ИСТА турбатыгар сыһыаныҥ?— ИСТА бырайыагын көрбөтөҕүм онон бырайыак үчүгэй эбэтэр куһаҕан диир кыаҕым суох. Онтон тутуу чааһынан эттэххэ бу тутуу линейнай тутууларга киирсэр онон Россия холугар наһаа уустук уонна ыарахан дии санаабаппын. Уустук өттө арай өрүстэри туорааһына буолар. Холобура, 2006 уонна 2007 сылларга, икки төгүл илин энэргэ Лена өрүһү туоруур газ турбатыгар аварийнай быһыы-майгы буола сылдьыбыта. Онно газ оннугар холобура нефть буоллун, экологияҕа төһөлөөх хоромньу тахсыах эбитэ буолла? Иккиһинэн бу тутуу больдьоҕо наһаа ыгым буолан олус түргэнник тутулунна. Мин санаабар, тиэтэйэ-саарайа сылдьан оҥоһуллубут тутуу хаһан баҕарар хаачыстыбатыгар охсуулаах буолар диэн. — Кэлиҥҥи кэмҥэ уу содулуттан (халаан уутуттан) эмсэҕэлээһин олус элбээтэ. Ити төрүөтэ тугуй, эн санааҕар?— 2001,2007, 2008 сылларга халаан уутуттан элбэх хоромньу тахсыбыта. Ол биричиинэтэ мин санаабар хас да төрүөттээх. Бастатан туран, үрэхтэргэ үлэлээбит гидропостары барыларын кэриэтэ сабыталааһын. Ити түмүгэр үрэхтэр, өрүстэр кытылларыгар олохтоох нэһилиэнньэни эрдэттэн сэрэтии суох буолар. Уу ороскуотун уонна сааскы халаан уута төһө үрдүгүнэн кэлиэхтээҕин арыый да сөпкө быһаарарга гидропост кырата сүүс сыл тухары кэтээн көрүүтүн ырытан көрөн эрэ баран этиэххэ сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ Суола уонна Таатта үрэхтэргэ биирдии-иккилии гидропост баара сабыллыбыттара ыраатта. Оннооҕор Өлүөнэ курдук улуу өрүскэ аҕыйах гидропост хаалла, кэтээн көрүү уһуна баара суоҕа 60-70 эрэ сылга тэҥнэһэр. Иккиһинэн, олохтоохтор уһаайба сир ылалларыгар бу сир ууга барыан дуу, барымыан дуу туһунан толкуйдаабаттар. Холобур, урукку олохтоохтор дьиэлэрин, хотоннорун үрдүк сиргэ туттар буоланнар сааскы халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбэттэр эбит. Ханнык баҕарар өрүс сүнньүн уонна хочотун икки ардыгар үрдүк модьоҕо баар буолааччы (предрусловой вал), эргэ тутуулар бары оннук сиргэ тураллар. Кэлин бөдөҥсүйүү түмүгэр дэриэбинэлэр кэҥээн, уһаайба сирэ үрдүк сиргэ бүтэн, дьон ууга барар хочо сирдэргэ уһаайба ылан туттарга күһэллэллэр. Бу тыа сирин дэриэбинэлэригэр инникини түстээн көрөр, үчүгэй хаачыстыбалаах тутуу генеральнай былаана суоҕуттан тахсар. Генеральнай былааҥҥа үрэхтэр, өрүстэр 1%, 3%, 5%, 10% үрдүктээх уу таһыма кэрэһэлэнэн көстөр буолуохтаах, оччотугар уу ылар сирдэригэр землеустроитель уонна архитектор уһаайба биэриэ суохтаахтар, эбэтэр атын үрдүк сир суох буоллаҕына, уһаайба сирин уу ылбат гына үрдэтиллиэхтээх (олохтоох буору кутан, эбэтэр атахха туруоран).— Куруук ууга барар нэһилиэктэр кыһалҕаларын хайдах быһаарыахха сөбүй? Холобур, Чымынаайы бөһүөлэгин бырайыагын туох дии саныыгын?— Былыр былыргыттан сыл аайы кэриэтэ ууга барар бөһүөлэктэр бааллар. Холобура Үөдэй, Түүлээх, Кытыл-Дьураа, Тойон-Арыы, Кальвица курдуктар. Маннык бөһүөлэктэри мин санаабар атын үрдүк сирдэргэ көһөрөр ордук. Маннык бөһүөлэктэргэ халаан уутуттан көмүскүүр тутуулар сыаналара дэриэбинэ бары тутууларын сыанатынааҕар үрдүк буолан тахсааччы. Онон көһөрүү ночоото ууттан көмүскэнэр тутуулар сыаналарынааҕар кыра курдук буолар. 2007 сыллаахха үөһээ этиллибит дэриэбинэлэри уонна да атыттары, барыта уонча дэриэбинэни атын сиргэ көһөрөр туһунан Саха Республикатын Правительствотын уурааҕа тахсыбыта. Хомойуох иһин, куруук буоларын курдук үп-харчы тиийбэтиттэн бу уураах кыайан толоруллубата. Сааскы халаан уута үксүгэр сүрүн үрэхтэргэ, өрүстэргэ түһэр хос салаа кыра үрэхтэринэн нөҥүө эбэтэр намыһах холлороон сирдэринэн өрө үтэн тахсан дэриэбинэлэри кэтэх өттүлэринэн киирэн ылааччы. Итинник сирдэр дэриэбинэ үөһээ өттүгэр баар буоллахтарына ордук кутталлаахтар. Онон олохтоохтор халаан уута ханан киирэр тахсар сирдэрин үөрэтэн ону бүөлүү быһыттары, даамбалары оҥортоон ууттан быыһаныахтарын сөп. Амма өрүс үрдүгэр турар Чымынаайы бөһүөлэгин суулла турар биэрэгин чөлүгэр түһэрии уонна бөҕөргөтүүтүн бырайыагын биһиги оҥорбуппут. Маны үгүс дьон сыыһа өйдөөннөр бөһүөлэги халаан уутуттан харыстыыр тутуу курдук саныыллар, ол букатын сыыһа толкуй. Чымынаайы бөһүөлэгин үөһээ өттүнэн Амма өрүскэ туора салаа Аммадаайы диэн хос үрэх түһэр. Ити үрэх уруккуттан Амма өрүскэ түһүөн иннинэ Чымынаайы кэтэх өттүгэр сытар улахан күөлгэ уу киирэр сиэннээх. Амма өрүс үрдүк таһымнаах халаан уута бу үрэҕинэн өрө анньан, сиэн устун киирэн күөлү толорон баран бөһүөлэги ылар. Оттон Амма өрүс уонна Аммадаайы үрэх сааскы халаанын ууларын муҥутуур үрдүктэрэ биир бириэмэҕэ сөп түбэстэхтэринэ өссө кутталлаах быһыы-майгы үөскүүр. Ити биирэ. Иккиһинэн, бөһүөлэк алаараа өттүнэн сытар Чымынаайы күөлэ аһары туоллаҕына, күөл уутун Амма өрүскэ быраҕар сиэн баар. Улахан уулаах сылларга Амма өрүс халаанын уута бу сиэнинэн тахсан бөһүөлэги уу ыларыгар эмиэ эбилик буолар.— Иһэр уу инникитин нефть курдук сыаналанар, атыыланар сүрүн эттик буолуо диэн билгэлииллэр. Ону эн туох дии саныыгын?— Иһэр уу кыһалҕата уруккуттан баар дьыала, ордук кумах куйаар, Африка курдук дойду олохтоохторугар. Биһиги Сахабыт сиригэр иһэр уу кыһалҕата оннук сытыытык тура илик. Ыраастаммыт иһэр уу төлөбүрдээх буолара сөп дии саныыбын. Дьиҥинэн, билигин даҕаны ууну төлөөн олордохпут дии. Куорат киһитигэр холобур, ол төлөбүр квартплата иһигэр киирэр. Тыа сирин олохтооҕо билигин биир буочука ууга төһөнү төлүүрүн чуолкай билбэтим, ол эрэн уу төлөбүрэ сылтан-сыл улаатан иһиэ дии саныыбын. Ол да буоллар оннук уһулуччу баран сотору кэминэн уу сыаната нефть сыанатыгар тэҥнэһиэ дии санаабаппын. — Уу хайысхатыгар сааһыҥ тухары үлэлээн кэллиҥ. Саамай табыллыбыт бырайыагыҥ ханныгый, бэйэҥ санааҕар?Сири оҥоруу уонна уу хаһаайыстыбатын эйгэтигэр 40 сыл үлэлээтим, ол иһигэр 31 сыл аҥардас бырайыактааһыҥҥа. Оттон 9 сыл Сири оҥоруу уонна уу хаһаайыстыбатын Министерствотын кылаабынай инженерынан үлэлии сылдьан да бырайыак үлэтиттэн улаханнык тэйбэтэҕим дии саныыбын. Ол тухары бу үчүгэй, бу куһаҕан бырайыак диэн ааттарынан этэр кыах суох. Хайа баҕарар бырайыак нуорма (ГОСТ, СНиП, ВСН, ТСН уо.д.а) быһыытынан оҥоһуллар, ол нуормалары миэстэтигэр сөп түбэһиннэрэн туһаныахха наада. Табыллыбыт бырайыактарынан урукку сылларга оҥоһуллубут, бааһыналары ньүөлсүтэр ардахтатар системалары ааттыахха сөп. Ол тутуу түмүгэр 70-80-с сылларга оҕуруот аһа, хортуоппуй үүнүүтэ биллэрдик үрдээбитэ. Холобур, Дьокуускай тулатынааҕы Хатас, Дьокуускай, Маган совхозтарга хортуоппуй үүнүүтэ икки төгүлүнэн үрдээн 200 ц/га тиийтэлии сылдьыбыта. Илин эҥэр бөһүөлэктэрин уунан хааччыйыыга ананан бырайыактаммыт түөрт улахан бырайыактан саамай улаханнара « Өлүөнэ өрүс — Туора Күөл» магистральнай турбатын бырайыага буолар. Бу уунан хааччыйар ситим уһуна – 134 км курдук. Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы уонна Таатта улуустарын 36 бөһүөлэгин уунан хааччыйыахтаах, ону таһынан ситим чугаһыгар сытар бааһыналары уонна ходуһалары ньүөлсүтүөхтээх. Биир сайыҥҥы бириэмэҕэ – 19 мөл. куб.м. уу турба ситиминэн быраҕыллыахтаах. Ол эрээри бу баараҕай тутуу 2001 сылга үлэҕэ киирбит ааттаах эрэ, үрдүк күүрүүлээх (35 квт) электролинията тутуллубакка комплекс баара суоҕа кыаҕын 15-20% эрэ туһанар кыахтаах. Ситим устатын тухары тутуллубут 4 насоснай станцияҕа биирдиитигэр 4-үү 5-ии насос турарыттан билигин чугас турар бөһүөлэктэртэн тардыллыбыт бириэмэннэй 10 квт күүстээх электролиниялар биирдии, иккилии эрэ насоһу үлэлэтэр кыахтаахтар. — Саха сиригэр уу хаһаайыстыбатын сайдыыта 40-50 сылынан хайдах буолуо диэн көрөҕүн7— Билиҥҥи кэмҥэ 90-с сыллартан бэттэх сири кытта үлэлээһин букатын тохтотуллан турарын кэриэтэ. Сааскы халаан уутун халытан туһанар системалар тутуулара көрүү-харайыы суоҕуттан алдьанан, сорохторо сууллан тураллар. Республика үрдүнэн тыһыынчанан ахсааннаах оҕуруот аһын уунан хааччыйар, ардахтатар системалартан билигин киһи тарбаҕын иһинэн ахсааннаах система үлэлиирэ дуу суоҕа дуу? Ийэ сир өлгөм үүнүүнү сыл аайы биэрэр, күүһэ күдэҕэ муҥура суох буолбатах. Онон сири кытта быыстала суох элбэхтик үлэлиэххэ наада. Холобура, кэмиттэн кэмигэр органическай, минеральнай уоҕурдуулары киллэрэн, ходуһалары ырастаан, кураан дьылларга сири нүөлсүтүү үлэлэрин ыытан. Уопсайынан киһи аймах тулалыыр эйгэни кытары иллээхтик олоруон баҕарар буоллаҕына ону өйдүөҕэ дии саныыбын, ону өйдүү сатаабат буоллахпытына, сир ийэ, тулалыыр эйгэ бэйэтэ өйдөтүөҕэ. Мин санаабар, оннук балаһыанньа 30-40 сыл ааһарын кэтээбэккэ, эрдэ да кэлиэн сөп.Хомойуох иһин, ыстатыйа киэҥ ааҕыыга тахса илигинэ Гаврил Захарович ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барда. Онон бүгүҥҥү ыстатыйа киниэхэ сырдык кэриэс быһыытынан буоллун. Үйэтин тухары Саха сирин олохтоохторо ыраас ууну иһэн чэгиэн сылдьалларын, доруобай кэскиллэнэллэрин туһугар бэриниилээхтик үлэлээбит киһи сырдык, муударай этиилэрэ өйгө санааҕа хааллыннар, туһаны аҕала турдуннар…
РФ Уу ресурсаларыгар Федеральнай агенствотын Өлүөнэ тардыытыгар Ууга салалтатын пресс-киинэ "Орто дойду" хаьыат 14.01.10